«Тыл баайа -мин сүрэхпэр» Саха тылын нэдиэлэтэ
- 19/02/2024
- 133
- нет
Тыл баайа-мин сүрэхпэр
Олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарыыга олоҕун анаабыт,саха алпаабытын төрүттээбит бастакы лингвист Сэмэн Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ,ону сэргэ төрөөбүт тыл күнүнэн бэлиэтэнэр. Ол чэрчитинэн олохтоох библиотека ,оҕону иитэр-үөрэтэр Амма орто оскуолата, «Ымыы» уһуйаан кыттыһан тэрээһиннэри ыыттыллар.
Олунньу 13 күнүгэр Амма Орто оскуолатыгар улахан кылаастарга аналлаах «Тыл оонньуута» буолла. Оҕолор хамаандаларынан арахсан барыта 8 түһүлгэҕэ (таабырын,өс хоһооно,эргэрбит тыллар, кроссворд,ребус,чаһыы…) билиилэрин тургуттулар.
Олунньу 14 күнүгэр Амма орто оскуолатыгар 4 кылаастарга олохтоох библиотека «Тыл оонньуута» ыытта. Оҕолор сахалыы иһиттэри,туттар маллары,мээрэйдэри ,таабырыннары ,өс хоһооннору билиигэ көхтөөхтүк сөбүлээн оонньоотулар.
Олунньу 16 күнүгэр «Ымыы» уһуйааҥҥа » Баай талым төрөөбүт тылым» диэн хоһоон күрэҕэ буолан ааста. Олохтоох библиотека дьүүллүүр сүбэ састаабыгар үлэлээтэ.Барыта 20 иһинэн кыра,орто саастаах оҕолор,икки дьиэ-кэргэн кытыннылар.
Олунньу 17 күнүгэр Амма орто оскуолатыгар саха тылын кабинетыгар «Сахалыы диктант» ыытылынна. Барыта 7 улахан кылаас оҕолоро,,8 улахан киһи кытынна.Диктант текстын саха тылын учуутала В.В.Сазонова аахта.
Комментарий читателей статьи "«Тыл баайа -мин сүрэхпэр» Саха тылын нэдиэлэтэ"